Бэҕэһээ Курбуһах нэһилиэгэр, ол эбэтэр муус устар 15 күнүгэр 8-ыа буолан (6 педагог, 2 библиотекарь) баран кэллибит. Барыта 65 оҕо, 74 улахан киһи педагогическай, психологическай, социальнай өҥөлөрүнэн хабылынна. Оҕолорго сокуон, бэрээдэк, төрөөбүт тыл, Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу, кинигэни ааҕыы туһунан бэсиэдэлэр, занятие, тренинг, санаа атастаһыыта буоллулар. Төрөппүттэргэ «Саха тылын инникитэ:аныгы киһи көрүүтэ» дебат уонна дьиэ-кэргэҥҥэ оҕону иитии, төрөөбүт тылга тапталы иҥэрии, сокуону билии туһунан бэсиэдэ, санаа атастаһыыта тэрилиннэ.